Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

Мэнигийээн сагыньньагын кэтэн баран, өҥөнөн көрүнэ-көрүнэ ата өлбүт көрдүгэнигэр кэллэ. Аргааттан тыал буолбут. Билии көрдүгэн өлөҥө-хомуһа бары уолга утары тыалтан тоҥхольуһа турдулар. Ону көрөн баран Мэнигийээн эттэ: — Бу эрэйдээхтэр, көр, мин сагыньньахпар ымсыыраннар бэ- риһиннэрээри, көрдөһөн тоҥхольуһаллар* ээ-э, быһыыта! Бэйи, мин сагыньньахпыттан бэссиэм буолуо! — диэтэ дэ, сагыньньагын устан ылан, быһа-быһа от-мас төбөтүн аайы ыйаан истэ, сагыньньага бүтүөр диэри. Дьиэтигэр ата да суох, сагыньньага да суох тиийэн кэллэ. — Хайа атыҥ? —Аппын баран иһэн, көрдүгэн атагар «этэрбэһим сытыйыа» диэн киирбэтэгин иһин, этэрбэһин устубутум. Онтон «соммун уһул» диэбиттии, тиэйэ сыппытын иһин сонун устубутум. Онуоха үөрэн, күлэ-күлэ утуйан хаалбыта. Кэлэн иһэммин уһугуннара сатаан-сатаан кэбистим. Онуоха атым уһуктубата, ол иһин: «Чэ, бэйи, уугун ситэн баран, туран кэлээр», — диэн баран сатыы кэллим. — Оо-о!.. Улуу баҕайы! Оттон сагыньньагын ханнаный? — Кэлэн истэхпинэ, от-мас эрэйдээхтэр, бары, сагыньньахпар ымсыыраннар, көрдөһөн тоҥхольуспуттарын иһин, быһа-быһа от-мас төбөтүгэр ыйаан-ыйаан кэбистим, сагыньньагым бүтүөр диэри! — Үөдэн, ыыт! Хара түөкүнү бостуой ыытаммыт! Харыан аппыт, харыан сагыньньахпыт! Бу акаары тугу-тугу оҥорор буолла! Бар, тах- саҥҥын ийэгэр умуһахта* хас. Кулгааххынан кэмнээн хас. Чэ-чэ, оло- рума! Түргэнник бүтэр! — диэтилэр убайдара. Мэнигийээн хальлаайыга* кэлэн, умса түһэн сытан баран, кулгаа- гын сага гына буору эмти элийэн кэбистэ уонна туран дьиэтигэр кэллэ. — Хайа, бүтэрэ оҕустуҥ дуо? — Бүтэриминэ. Аныаха дылы кулгаахпынан умуһагы тулутан ха- һыам дуо? — диэн өс-сага буолла Мэнигийээн. Уолаттар бары ийэлэрин көтөгөн хальлаайыга тагыстылар. Тии­ йэн кө<ө>ттөрө — хаһыллыбыт умуһах баара биллибэт. — Умуһагын ханнаный? — Бу баар, — диэн баран Мэнигийээн кулгаагын сага гына эмти быспыт сирин көрдөрдө. — Баҕайы! Бу курдук кыра гына хас диэбиппит дуо?! — Но! Оттон кулгааххар кэмнээн хас диэбиккит буолбат дуо! Мин ону кулгаахпар тэҥнээн хаспытым!

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2