Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Сөп. Киһи бары утуйаллар. Харыс Туөкэй сытарын аҕай гытта Симэхсин эмээхсин туран: — Чэ, дабаай, тэлгэһэбитин күрдьүөх! — диир. Хайыай, уол эрэйдээх аат аҕай харата туран күрдьэ тахсаллар. Уол күрдьүспэхтээн иһэн: «Айы-айа!» — диэн баран турар. Симэхсин эмээхсин сүүрэн кэлэн, сиһин күрдьэҕинэн быһа аньньан баран, күрүөҕэ биллэҕиннэрэ ыйаан кэбиһэр уонна дьиэтигэр киирэн хаа лар. 3 Убайдарын Харыс Түөкэйи күүтэ сатаа<н>-сатаа<н> баран, Сүөм Түөкэй туох буолтун билэ, таарыччы үлэлээн ас ылан барыах буолан барар. Уол тиийбитигэр Хара Хаан оҕонньор этэр: — Оо, атаһым, Сүөм Түөкэй кэллэ ду?! Чэ, хатыктар, тымыра суох сыата, хаана суох хаһата буһарыҥ! — диир. Кыргыттар көрүөх бэтэрээ өттүгэр буһаран, остуолга хоторон уураллар. — Чэ, ытым Хара Хаһар сиэтэр Хара Хаһар сиэтин, Сүөм Түөкэй сиэтэр Сүөм Түөкэй сиэтин, — диэн баран, тоҕо таһыйан ыытар да, ыт былдьаан сиэн кэбиһэр. Уол эмиэ тугу да аһаабына хаалар. Онтон өр соҕус буолан баран этэр: — Нохоо, кыккырымы иһиэҥ ду? Чыккырымы иһиэҥ ду? — диир. Уол этэр: — Ээ, кыккырымы иһээ инибин, — диир. — Ылыҥ, оччоҕо муустаах хара уута биэриҥ, — диир. Муустаах хара ууну аҕалан биэрбиттэрин иһэн кэбиһэр. Онтон оҕонньор этэр: — Сассыарда тын хатыыта тахсан Симэхсин эмээхсин<н>иин тэлгэһэни күрдьүөххүт. Биир урут «айа» диэбиккитин бииргит өлөрүөх- тээх. Онуоха дылы дааргыга утуйуоҥ ду, лавкаҕа утуйуон ду? — диир. — Ээ, дааргыга утуйа<а> инибин, — диир. — Отчоҕо мае кыстык<к>а утуй, урут убайын утуйбут сири- гэр, — диэн ыйан биэрэр. Уол сытарын аҕай гытта, Симэхсин эмээхсин туран: — Чэ, күрдьэ тахсыах! — диир. Уол аат аҕай харата тахеар. Күрдьүспэхтээн баран: «Айа-айа!» — диэн баран, туран хаалар. Симэхсин эмээхсин уолу сүүрэн кэлэн,
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2