Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

Ити курдук кэриэһин этэн баран, оҕоньньор балайда ыальдыбах- таан* баран, өлөн хаалбыт. Аҕалара өлбүтүн гэннэ, ус уол өр соҕус олорбохтоон баран, хар- гыйан өлөллөрүгэр тиийэннэр, улахан* убайдарын Харыс Түөкэйи Баай Хара Хаантан баран, аста көрдөһөн аҕал диэн, ыыталлар. 2 Харыс Түөкэй Баай Хара Хааҥҥа тиийбитигэр Баай Хара Хаан* этэр: — Оо, атаһым, Харыс Түөкэй кэллэ ду?! Чэ, хатыйдар, тымыра суох сыата, хаана суох хаһата буһарыҥ! — диир. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр тымыра суох сыаны, хаана суох хаһаны буһаран туруораллар. Баай Хара Хаан этэр: — Чэ, ытым Хара Хаһар сиэтэр Хара Хаһар сиэтин, Тутум Түө- кэй* сиэтэр Тутум Түөкэй сиэтин, — диэн баран, тоҕо таһыйан ыытар. Харыс Түөкэй баран түсүһэн көрөр да, ыт чугаһаппат. Барытын ыт ылан сиэн кэбиһэр. Онтон туран Баай Хара Хаан этэр: — Нохоо, кыккырымы иһиэҥ* ду, чыккырымы иһиэҥ ду? — диир. Онуоха уол этэр: — Ээ, кыккырымы иһээ инибин, — диир. Оҕоньньор этэр: — Ылыҥ, буустаах* хара уута ылан биэриҥ! — диир. Муустаах хара ууну ылан биэрэллэр, уол иһэн кэбиһэр. Онтон туран [оҕонньор] уол[га] этэр: —Доҕор, дааргыга сытыаҥ ду? Ла<в>кыга сытыаҥ ду? — диир. Харыс Түөкэй этэр: — Ээ, дааргыга сытаа инибин, — диир. — Бар, оччоҕо мае кыстыкка сыт, — диир. Биир хоччохой убаһа тириитин, биир хоччохой торбос тириитин киллэрэн биэрэллэр. Уонна оҕоньньор этэр: — Са<с>сыарда тыҥ хатыыта Симэхеин эмээхеини гы<т>та ту­ ран тэлгэһэни күрдьүөх<х>үт, — диир. — Ээх, СӨП, — диир. — Биир урут «айа» диэбиккитин би<и>рдэскит өлөрүөх тустаах, күрдьэҕинэн* көхсүн быһа анньан өлөрүөхтээх, — диир.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2