Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
кутуруккутун уган олоруҥ. Иньэ гыннахкытына14— аһыыгыт ааһыа- ҕа! — диир Олоон Долоон. 9 Онуоха барылара кутуруктарын укпуттар арай. Кутуруктарын уган олорон, бу дьон: — Дьэ, өлөөрү гынныбыт, сиспит үөһэ дьаралыйан, — диэн, улу- һуулара туохта аатыттан атын буол. — Ээй, бэйэҥ, дьөксө дьаралыйа түстүн, оччоҕо аһыйбат буолар- гыт дөбөҥ! — диир Олоон Долоон. — Быыһаа, өлөөрү гынныбыт! Кутурукпут сыста тоҥно майгы- лаах... Саатар кутурукпутун арааран кулу! — дии-дии ыһыытаспыт- тар. — Чэй, бэйэҥ, хоҥнортуом! Көрүҥ эрэ бу маспын; манан көтүрү- тэ сыньан араартыам буоллаҕа15, — дии-дии, Олоон Долоон улахан чокоойу маһы киллэрэр. — Хайтах таҕаны өлүүһүбүт — араар! Кутурукпут букатын сыста тоҥон хааллылар, — диэн улустулар. — Ээх, үчүгэй! Дьэ, сүбэтэ дөбөҥ, — диэн баран, туран чокоойу маһынан кэтэххэ биэрэн, өлөртөөн ис. Бу өлөртөөн иһэн, орпуттарыгар этэр: — Көрдүгүт дуо, ити сыньаннахтара үчүгэйин? Сотору аһыйбат буолан хааллылар эбэт. Арай бөрөтүттэн, саһылыттан биирдии, кутуруктарын быһа тар- дан куоппуттар. Ол онтон бөрө, саһыл төрдө тарҕаабыт үһү: кутурук- тара хоболоох буолта эмиэ онтон үһү. 10 Олоон Долоон, онтон баран, Хаан Харахаан тойон үбүн лохон16 аҥаарын ылан, кыыһын арааран, дьиэтигэр барбыт. Бары дьон, быы- һаатаҕа диэн, үөрүүлэрэ бэрт буолбут. Кыыс, маннык сүрдээх-кэптээх баҕадьыга бардаҕым диэн, ытыыта-соҥуута бэрт буолбут. Оноҕостоон Чуокаан үбүн аҥаарын эмиэ ылан баран, Олоон До лоон байан-тотон, аныаха дили олорор үһү. Бүттэ. 29. ТУТУМ ТҮӨКЭЙ 1 Үс уоллаах биир бааһынай олорбута эбитэ үһү. Арай биирдэ туран оҕоньньор кырдьан өлөр ы<а>рыытын ыаль- дьыытыгар үс уолугар кэриэһин маннык диэн эппитэ: — Дьэ, оҕолорум эрэ, оҕолорум эрэ буолларгыт, бу аттыбытыгар баар Баай Хара Хааҥҥа* баран көрдөһөр эрэ, көрдөһөр эрэ буо- лаайаҕыт, — диир.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2