Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

— Кыыскытын биэрдэхкитинэ, үпкүт улахан аҥаарын биэрдэх- китинэ10, быыһаан көрүөм даҕаны эта Эчикийэ, ол ити бэйэлээх обургу тоҕус бөрө уола, аҕыс саһыл кыыһа кыаттарара манан аҕай буолуоҕа (дуо)? — диэн күүгүнээн кэбиһэр Олоон Долоон. — Ону харыһыйыахпыт дуо, ол кыылларга хайыта тыыттаран сиэтиэхпит дуо? — диэн буол. 7 Дьэ, саһыл-удаҕаны таһааран, икки хонноҕун анныгар икки ха- бахтаах хааны баайар. Бэйэтигэр икки тилэҕэр икки бүргэһи баанар. Иньэ гынан баран, күөх эриэн оҕуска удаҕанын иньики мииннэрэр; бэйэтэ, кэньики мииньэн баран, айаннаан тиийэр саһыл-удаҕан дьиэтигэр. Арай манна оҕолор өрө көтөн: — Ийэбит кэллэ, кэһиитин сиэхпит эбэт, — диэн улуйуулара- үрүүлэрэ, ыһыылара-хаһыылара туох-та аатыттан атын буол. — Аргыый, ичигэйдэр! Сууй, аргыый! Бу дьаабыта суох үргуүк оҕус. Ийэҕит бэркэ эрэ диэн сылайан кэллэ, үргүттүгүт! — диэн буол Олоон Долоон. Оҕолор истимэ, өрө көппүттэрин кубулутума. Сэргэҕэ тиийэн иһэн, Олоон Долоон оҕуһун бүргэһинэн дьөлө тиҥилэхтиэ, оҕус соһуйан туора көт. Эмиэ тиҥилэхтиэ — эмиэ оҕус көтүөлээ. — Ийэҕитин даҕаны, мийигин даҕаны өлөртөрдүгүт эбэт, — диэн иһэн, Олоон Долоон чогдойор иэнинэн бар. Саһыл-удаҕаны оҕус эһэн кэбиспитэ — ол дики баран дэлби түс. Икки хабахтаах хаан, дэлби баран, удаҕаны сырайдары-харахтары саба ыс. 8 Олоон Долоон, дэлби түһэн баран, мөҥө сытар: — Алаатыка, күтүрдэр! Киһи тылын истиминэҕит, ийэҕитин өлөр- төрдөхкүт11. Ити гынан баран, ытаан, аһыйан, харахкыт уолуоҕа. Дэлэ үргүтүмэҥ дии сатаан кэбиспэтэҕим дуо12?.. Ол да буоллар, ити сүбэ- тэ дөбөҥ: аһыйбат гына оҥортуом, алыс сэниэҕитин быһымаҥ! — диир. Иньэ диэн баран, туран, оҕуһун баайан кэбиһэр тииккэ. —Мийигин батыһыҥ! — диир Олоон Долоон тоҕус бөрө уолга, аҕыс саһыл кыыска. Батыһан бар. Бу баран, биир күөлгэ үс ойбону алларар. —Дьэ, өлөөрү гынныбыт аһыыбытыгар! — дии-дии ыһыытаһал- лар бөрө уол, саһыл кыыс. — Бэйэҥ-бэйэҥ13, бэрт дөбөҥ хаалла сүбэтэ тобуллара! — дии-дии, ойбонун алларан бүтэрэр Олоон Долоон. — Чэй, ичигийдэр, манна

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2