Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

— Оттон, нохоо, биһи оҕуспут хайтаҕый? — диир ойуун. —Укураат* маҥаас, ээ, — диир уол. — Чэ, аҕал эрэ оҕускун! — диир ойуун. Уол оҕуһун булгутан илдьэн, ойууҥҥа кэннинэн хаамтаран биэ- рэр. Ойуун ууруур. — Ээ, улаханнык-улаханнык уураа! — диир уол. Онтон: — Ойуун уоһа оҕус хоҥхочоҕор хам сыстарыыскай! — диир. Ойуун уоһа хам сыстан хаалар. Дьэ айдаан буолар. — Чэ, туруохпут дуо? Барыахха! — диир да, уол оҕуһу сиэтэн дьу- лурутан кэлэр, көлүйэр. Ойуун сыарҕа тумсугар бүк түһэр. Уол оҕуһун миинэн дьэ айан- наан тиийэллэр. 5 От Саҕыньньах дьиэҕэ көтөн түһэр. — Хайа, нохоо, аҕаллыҥ дуо? — диир оҕоньньор. — Ээ, ким билэр, доҕор, кэллэ дуу, кэлбэтэ дуу? Нэмин-дьаабы- тын да билбэтим, — диир уол. — Нохоо! Аҕала оҕус! Чэ, тугу чаллыргыы тураҕын!.. Манна сатам- макка сытабыт, — диир Харах Хаан. — Ким билэр, доҕоор. Бастакыта — маҥаас оҕус, оттокута — ойуун, кэннэкитэ — кэрэх маһа. Киллэрэн да көрдөҕүм, — диэт, ха- тыр гинэн тахсан хаалар. Сотору уол маҥаас оҕуһа — бастакы, ойууна — оттоку, кэрэҕин маһа кэннэки буолан, быһа түнтсүнээн-таҥкынаан киирэн кэлэр. Бух-бах буола-буола, ойуун: —Дьэ киһини абырыыр суох буолла! Бу уол бу айылаах оҥордо быһыылаах, — диир. 6 Арай бары абыраһыа суох, тэбис-тэҥ курдук буола түһэллэр, уол- ларын От Саҕыньньаҕы ааттаһаллар. — Чэ, кукаам, кэбис, миигин дьи<э>бэр тиэт. Уонна мантан араарар күннээх буоллаххына, баайбын олоччу туран биэриэм, —дии- дии, ойуун От Саҕыньньаҕы ааттаһар. — Чэ, адьас албынныаҥ суоҕа дуо? — диир уол. — Суох, суох, кукаам! Араарыаҥ да олоччу биэриэм, — диир ойуун.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2