Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

—Харах Хаан икки хамначчыта хам сыстарыыскай! — диир уол. Хамначчыттар эмиэ хам сыстан хаалаллар. Хамсаан көрө-көрө, орон аайыттан, дьэ, улам хаһыы-ыһыы, онтон аймалҕан буолан иһэр. — Нохоо, туох ааттаах алдьаххайын оҥордуҥ?! Дьэ араартыы оҕус! — диэн, дьэ орон-орон аайыттан бардьыгынаһыы-ырдьыгы- наһыы бөҕө буолар. — Ээйиис, мин тугу оҥордум?! Таах олоробун буолбат дуо?! —диир уол. 4 — Нохоо! Чэ, бар Кыҥкыллаан ойууҥҥа, маҕаас оҕускун илдьэ. Тахсан силлээн-домноон көрдүн, — диир Харах Хаан. Уол маҕаас оҕустанан дьэ Кыҥкыллаан ойууҥнга тиийэр. Ойуун: — Дата, аһыыр-сиир көһүннэҕэ! Дьолум тобоҕо, соргум сороҕо баар эбит буоллаҕа! — диир. От Саҕыньньах уолу гытта бассар. Сирдэрин оттолоон иһэн: — Нохоо, тохтоо эрэ, көҕүрэтинэн барыахпын, — диир ойуун. Уол тохтуур. Ойуун баһыахтаан баран чохчойор. — Нохоо, маета аҕал эрэ, соттуохпун, — диир ойуун. — Ээ, мае суох ээ, арай бу кэрэх маһа баар, — диир От Саҕынь- ньах. — Ээ, чэ, кэрэх маһа буолуохтааҕар, таҥара да маһа буоллун, аҕал! — диир ойуун. От Саҕыньньах илдьэн биэрэр. Соттон истэҕинэ: — Кэрэх маһа ойуун кэннигэр хам сыстарыыскай! — диир уол. — Нохоо, туох-туох диэн баллыгырыыгын?! — диир ойуун. — Ээ, суох, бэйэм таах, таах саҥарабын, — диир уол. Ойуун тардыһа сатаан кэбиһэр да — кэрэх маһа олох кэлбэт. — Нохоо, хайдах гинэбин*, тугу-тугу оҥордуҥ?! — диир. — Ээ, көрө! «Маҥаас оҕус хоҥхочоҕун уураатахха — арахсар», — дииллэр ээ дьон, — диир уол.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2