Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

— Нохоо, мин үрдүк арҕаспар тахсан олор эрэ, — диир оҕуһа. Уол хачыгыраһан-хачыгыраһан, быһа ыаҕастаһан, нэһиилэ оҕуһун миинэр. Оҕус хааман күүдэйэн, көстөр көһөн иһэр. Киэһээ хараҥа буолуута биир кур оттоох күрүөҕэ тиийэллэр. Оҕус оту сиир. Уол окко сууланан, утуйар. Сассыарда турбута — оҕуһа араас аһынан: килиэбинэн, саахарынан, этинэн, арыынан са<а>хтаан кэккэлэппит. Уол ону сиир-аһыыр. Оттон оҕус оту сиир. Дьэ ити кур- дук биир ыйы быһа олороллор. — Нохоо, бу киэһээ биһигини булаллар. Миигин илдьэн сииллэр. Өлөр-хаалар күҥҥэр бу суругу ааҕаар, — диир оҕуһа уонна туос су- ругу биэрэр. Уол ылан, хооньньугар уктан кэбиһэр. Олороллор. Харах Хаан чаҕардара кэлэн булан ылаллар, уолу оҕустары илдьэ бараллар. 3 Харах Ха<а>ннаах алааска баппа<т> ала оҕуһу аҕалалларын кыт- та өлөрөллөр. Үрэл-сарал гынан астыы-үөл<л>үү охсон, оҕус этин буһаран адьырыталлар, аһаан-сиэн бараллар. Оттон От Саҕыньньах уолга ончу тугу да бэссибэттэр. Харах Хааннаах утуйаллар. Уол оһох төрдүгэр сукуйан олорор. Ол олорон эрэн: — Бээ-эрэ, оҕуһум тугу биэрбит эбит? — дии саныыр да, хоонь- ньуттан туос суругун ороон ылар, өөр-өр тонолуппакка одуулаан оло­ рор. Аччыга да бэт буоллаҕа, төйбүт* киһи курдук буолар. Онтон эмискэ: —Харах Хаан оҕоньньор эмээхсининээн оронтго хам сыста- рыыскай! — диир. — Нохоо, тугун* тылай? — диэбитинэн Харах Хаан эргиллиэх буолта — хадьааһыннаах оронугар хам сыстан хаалбыт. — Нохоо, тугу-тугу оҥортуу олороҕун?! — диир Харах Хаан. —Ээ, суох, түлэкэдийэн эттим дуу, хайа үөдэн, — диир уол. Балачча олорбохтоон баран: — Кыыстаах күтүөт оронноругар хам сыстарыыскай! — диир уол. Эмиэ хам сыстан хаалаллар. —Харах Хаан уоллаах кийиитэ оронноругар хам сыстарыыс­ кай! — диир уол. Эмиэ хам сыстан хаалаллар. —Харах Хаан уоллаах кыыһа оронноругар хам сыстарыыскай! — диир уол. Уоллаах кыыс эмиэ хам сыстан хаалаллар.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2