Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Оттото эрэ бөһүөнэх киһи кэлэн «лоос» гына түһэр. Төбөтүнэн хойуостанан дьиэтин былдьаһар. Дьахтар да суох, туох да суох. — Бу хайа кыыл кэбилэнэҕин таҥастыын-саптыын? Дьиэҕэ хо- ноҕун дуу, таһырдьа хоноҕун дуу? — диир ийэтэ. Туох дьиэҕэй? — Ээ, дьахтары кытта оонньуурбутугар буолан, таһырдьа буолар- бын билбэтим, дьиэҕэ буоларбын билбэтим, — диир. 6 Эрэйдээх-Буруйдаах киэһэ кэлэр. Таҥастарын аҕалан, иннилэри- гэр «сарк» гына быраҕан биэрэр. [Өлбүту] сыгынньахтаан аҕалбы- тын. — «Аны сассын киэһэ тиийиэхпит. Сиэбит да сүөһулэрин иэс- тээн ыллылар, таҕыннарбыт* даҕаны таҥастарын* сыгынньахтааты- лар. Үс хонук устата туох да көстүбэт гына күн тахсыа суоҕа, халлаан сырдыа суоҕа, онуоха эн тураҥҥын сылдьымаар», — диэбиттэрэ Баай Хара Хаан өлбүт ийэлээх аҕата, — [диир]. 7 Түүн* баранан, сарсыарда буолуута халлаан сырдаабата сырдыыр кэмигэр, Эрэйдээх-Буруйдаах дьиэ таһыгар тахсыбата. Үс хонон ба ран, халлаан сырдыыр, күн тахсар. Эрэйдээх-Буруйдаах туран, аһаан- сиэн баран, күн ортотуттан киэһэ ыалын көрө барар. Ыалын баран көөттө: доҕоор, сүөһү да суох, үп-сээбэс да суох, ыал да суох, сэргэ да суох, дьиэтин онно куоҕас оонньуур кутата буолан хаалбыт — хара буордаах уу-дьэбэрэ. Дьэ, ол Баай Хара Хаан уола Эрэйдээх-Буруйдаах дьахтарын ойох ылаары, ол курдук дьаабы буолта үһү. Оттон Эрэйдээх-Буруйдаах этэҥнэ олорбут. Ол — дьахтар номуо- ката (аба). Дьахтара улуу удаҕан эбитэ үһү. 25. ОТ САҔЫНЬНЬАХ 1 От Саҕыньньах диэн уоллаах, алааска баппат ала диэн оҕустаах, буор дьадаҥы оҕоньньордоох эмээхсин ыал буолан олоотторо үһү*. 2 Арай ол олорон эрэн, оҕоньньордоох эмээхсин өлөн хаалтар. Таах сүүрэн хаалбыт От Саҕыньньах уолу, алааска баппат ала оҕустары ыаллара Харах Хаан оҕоньньор тиийэн, үүрэн аҕалар. Киэһэ оҕоньньор уолга: — Нохоо, бар, оҕуһу киирэн уулатан таҕыс, олоруоҥ дуо? Сиэнил- лиэ буоллаҕа, — диир. От Саҕыньньах оҕуһун сиэтэн, уулата ойбоҥҥо алтахтатан тии йэр.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2