Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

— Бай, билигин ыйаабытым дии, — дии-дии, өрүтэ көтүөлээн, «пыл-пал» түстэ. Хайтах да кыайан ылбата: —Оок-сиэ! Уһуу да сылдьыбыт эбиппин. Туох баҕайыный! — дии- дии эмиэ «пыл-пал» түстэ. Суох, ылбата. Эр киһи ыксаран* баран, кыыһыран ону-маны көрдьүөтэ*. Ол көрдьүү сылдьан, бэрэбэдэйи тайанна: — Татат, бу тугуй? Туох үллэҥнээтэ? — дии түстэ да, кыыһы сул- бу тардан таһаарда. —Оо! Ол иһин да бу баҕайы хайа кыылынан итинниги бүтэ- риэй? Сэрэйбит сэрэх, төһүөбүт түүл. Чэ, мин эһигини, иккиэҥҥитин ойох ылабын. Бу түүн таһырдьа сытыарыам, онно биир тоҥон өлбөтөххүтүн ойох ылыам. Мин киэһэ — биирдэ, түүн үөһүгэр — биирдэ, сассыарда биирдэ ыҥырыаҕым. Онно саҥаран иһиэхтээххит. Оттон иккиэн өлбөтөххүтүнэ, иккиэҥҥитин ойох гыныам, иккиэн өллөххүтүнэ, ойоҕо суох сылдьыам, — диэтэ. 10 Ол кэнниттэн үһүөн чэйдээтилэр. Баҕа-ойох, остуолга тиийбэт буола-буола кэлэн, чэйдэһэн айаҕа ыллаҥныы, төбөтө чолоҥнуу олор­ до. Аһаан-сиэн бүттүлэр. Эр киһи айыы-ойоҕун бэрэбэдэйгэ суулаан, оһох хоротугар таһаа- ран сытыаран баран, тула өттүгэр ынах, сылгы түүтүн симнэ. Баҕа- ойоҕун, күөл көппөҕөр суулаан, сэргэ төрдүгэр таһааран сытыарда. Ол кэннэ киирэн утуйда. Сытан баран: — Баҕа-ойоох! — диэтэ. Анарааҥҥыта: —Оой! — диэтэ. Онтон: —Айыы ойоох! — диэн ыҥырда. Анарааҥҥыта: — Ээ! — диэтэ. Онтон түүн үөһүгэр тиийэн: — Баҕа-ойоох! Бааргын дуо? Оргууй аҕай: — Ы... ы... ы, — диэтэ. —Айыы ойоох! Бааргын дуо? — Баарбыан, баарбын, — диэтэ. Онтон сассыарда халлаан сырдыытыгар: — Баҕа-ойоох! — диэтэ.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2