Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

уот отуннулар. Биир эргэ чугуун баарыгар отоннорун буһаран сиэти- лэр. Ол гэннэ отоннуу таҕыстылар. Балай эрэ илин диэки барбахтаан иһэн, биир отонноох сири булан отоннообутунан бардылар. 2 Отоннуу-отоннуу илин диэкки* хаамсан истэхтэринэ, биир киэҥ баҕайы суол барда. Ол суол устун баран истэхтэринэ, суоллара икки аҥы буолла. Бу икки суолларын төрдүгэр икки биһиктээх оҕо сытар эбит. Хаҥас өттүгэр тимир биһиктээх, уҥа өттүгэр үрүн* көмүс би- һиктээх* оҕо сытар эбит. Ону көрөн балта: — Аҕаас! Бу үрүн көмүс биһиктээх оҕону дьиэбитигэр илдьэн оҕо- луохха, — диэбит. — Хотуой, ити үрүн көмүс биһиктээх оҕо албын, куһаҕан буолуо. Аҕабыт курдук бэйэбитин муннаттаан өлөрүө. Бу тимир биһиктээҕи ылыах, — диэтэ. — Аҕаас, өйдүө эрэ. Биһиги бу айыы оҕотун ылыах, ити абааһы оҕото буолуо, — диэн баран, аҕаһын санныттан тайанна. Кыыһа балтын илгистэн кэбиһэн баран, тимир биһик үрдүгэр түстэ: — Ол-бу диэн кубулуна турума. Барыах! — диэтэ да, оҕотун көтөхпүтүнэн төннө турда. Балта, икки ыаҕастаах отонун туппутунан, кэнниттэн батыһан сэрбэйэн истэ. Дьиэлэригэр тиийэн кэлбиттэрэ, оттуллубут уоттара умуллубатах. Оҕолорун уҥа ороҥҥо сытыаран, отоннорун буһаран сиэттилэр. Сассыарда туран, отоннуу бардылар. Киэһэ отонноон кэл­ биттэрэ, уҥа ороннорун үрдүгэр буспут балык бөҕө сытар эбит. Улахан кыыс: —Оо! Бу дьолбут! — диэтэ да, хасса суох уобалаабытынан бар­ да. Кыра кыыс: «Куһаҕан буолуо», — диэн сиэбэтэ, отонуттан сиэтэ. Сассыарда туран, отоннуу баран иһэн, кыра кыыс: — Аҕаас, мин хаалыым, эн отоннуу бар, — диэтэ. Аҕаһа: —Хаалыан буоллар хаал, — дии-дии бара турда.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2