Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
кыыһынаан холбоһон ыал буоланнар, оҕо төрөтөн, ыал буолан олор- буттар. Баай байаннар, баайдык-дуоллук, тоттук-ханнык, үчүгэйдик ыал буоланнар, ыччат тэнитэн олорбуттара эбитэ үһү. 23. АҔАС-БАЛЫС 1 Былыр икки кыыстаах оҕоньньордоох* эмээхсин олорбуттара эбитэ үЬү. Бу дьон бултаан аһаатахтарына эрэ, айахтарын ииттэллэр эбит. Арай туулаан тууларыгар балык киирбэтэх, илимнээн илимнэ- ригэр балык туппатах. Күҥҥэ түөт* киһи аһылыга икки эрэ собо буолбут. Хоргуйан өлөллөрүгэр тиийбиттэр. Биир сассыарда оҕоньньор олорбохтоон баран эппит: —Доҕоруом, ити икки кыыспытын муннаран кэбиһиэххэ. Оч- чоҕо ити икки собобутун эр биир сиэ этибит, — диэн. Эмээхсин олорбохтоон баран: — Чэ, буоллун даҕаны, — диэбит. Оҕоньньор икки кыыһын илдьэ отоннуу тахсыбыт. Балай эмэ ыраатан, биир отонноох сири булан, отоннообуттар. Хоргуйбут кыр- гыттар эрэйдээхтэр отоҥно умса түспүттэр. Балай эмэ отонноомох- тоон баран, аҕаларын көрбүттэрэ, хамнаабакка эрэ тонхойон турар үһү. Кыргыттар кыһаммакка отонноон испиттэр. Кун киириэр дылы аһыы-аһыы отонноон бараннар: — Аҕаа, киэһэрдибит, барыах! — диэн ынырбыттар. Суох, аҕалара санарбат. —Аҕаа, барыах! — диэн эмиэ хаһыытаабыттар. Суох, санарбат. —Туох баҕайыный? Тоҕо санарбат? — дэһэ-дэһэ баран көрбүттэ- рэ: аҕалара биир төҥүргэскэ арбаҕаһын ыйаан баран, баран хаал быт. Кыргыттар аҕаларын хаһытыы-хаһытыы, баран истилэр. Бу икки ардыгар хараҥа түүн хаайан тиийэн кэллэ, оҕолор ытааннар харахта- рын үүтэ* көстүбэт буолла. Мээнэ түҥкэл-таҥхал түһэн истилэр. Сас сыарда халлаан сырдаан, күн кылайа тахсыытыгар биир эргэ дьиэни буллулар. Иһирдьэ киирэн кэлбиттэрэ, ким да суох. Ыал олорбот* буолбута өр буолбут быһыылаах... Өлүү түбэлтэлээх, өлбөт быалаах диэбиккэ дылы, улахан кыыс хататтаах чакыырдаах эбит. Онон саҕан
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2