Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
—Дьэ үчүгэй эбиккин, өссө сэниэ ылан баран охсуһуох, — диэн баран, биир атыыр оҕуһу аҕалан, биир улахан баҕайы олгуйга буһа- ран ыһыытатан баран, ону аҕалан биэрбит. Уол ону бүтүннүүтүн сиэн кэбиспит. Эһэ Харах Дьэллик Сүүрүк олох ордорботох. — Бу бэрт үчүгэй оҕо эбиккин — аһастаах. Аны мин биир баай- таһын биэни өлөрөн аҕалан биэриэм, ону сиэн баран көрсүһүөхпүт, — диир. Баайтаһын биэни астаан буһарбытын бүтүннүүтүн нэҥсэн сиэн кэбиспит, биири да ордорботох. —Дьэ үчүтэй 050 эбиккин. Дьэ хоннох былдьаһан көрүөх, —диэн, охсуһуу буолар. 11 Иэмэх талах курдук эрийсии буолар. Били оҕонньору ыйааһыны- нан да баттаан, сүрүнэн да баттаан, күүһүнэн киһилээбэтэх. Онтон оҕонньор: —Үчүгэй оҕо эбиккин. Дьэ хоттордум, аны эйигин кытта күөн көрсөр кыаҕым суох. Бу хара көмүс дьиэни илдьэ бараҥҥын ыал буо- лан олор, мин олохпор-тойбор тахсаҥҥын, — диэбит. — Ити кыыска киирэҥҥин кыыһы бүтүннүүтүн илдьэ бар, — диэбит. Ону эппит: — Оҕонньор эйигин: «Илдьэ бар», — диэтэ. «Эйигин, хара көмүс дьиэлээх кыыһы, илдьэ бар», — диэтэ. Хайдах илдьэбин? — диир. —Хайдах да илдьэр кыаҕыҥ суох. Хара көмүс табытыарка гынан баран эрэ илдьэр кыахтааххын, — диэбит. —Дьэ ону хайдах гынан табытыарка гынабыный? — диэбит. —Миигин тоҕус төгүл күнү утары тоҕуста эргий, тоҕуста эргийэн бараҥҥын төбөҕө оҕус. Оччоҕуна бу дьиэни кытта бүтүннүүтэ хара көмүс табытыарка буола охсон хаалыаҕым. Ону сиэпкэр уктан ба- раар, — диэбит кыыс. Ону истээт, уол били кыыһы тоҕус төгүл күнү утары эргийэн ба ран, төбөҕө охсор. Төбөҕө охсубута: быычыгайкаан хара көмүс табы тыарка буолан хаалар. Ону сиэбигэр укта көтөр. Укта көтөн баран, дьэ тус арҕаа диэкки, кэлбит сирин диэкки сүүрэр, үөһэ Орто дойду- тугар тахсаары. Дьэ, сүүр да сүүр буолар. Кини обургу өр-өтөр гым- мат, били киирбит сиригэр дьэ тиийэр. Тахсан — үөһээ дойдутугар, били сиригэр-уотугар сүөһүтэ сүөһүтүнэн турбут эбит. Онно хара көмүс табытыаркатын арыйа бат- таабыта — били хара көмүс дьиэлээх, хара көмүс кыыстаах. Ол
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2