Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

барамматах. Онтон борооскутун били эһэ уола сиэбитин билэн, охсу- һуу буолар. «Сүөһүбүн сиэбит», — диэн, эһэ курдук дьүһүннээх уолу (кытта) охсуһуу барар. Охсуһан-охсуһан уол кыайаары ыксатар. Кыайаары ыксатан оҥкучахха куотан хаалар. Күөх буруо буолан унаа- рыс гынан аллараа онкучахха киирбитин сырсан киирэр. Сырсан киирбитин кирилиэс устун сүүрэн түһэр. Онтон аллараа дойдуга кии­ рэн, бүдүө-бадаа курдук күнэ-ыйа суох сиринэн уол били саҥыйах- таах оҕонньору сырсан бара турбута. Туе илин бара турбут, бара тур­ бут, ханна да барара биллибэт. 7 Биир сиргэ тиийэн, кыһыл көмүс дьиэҕэ кэтиллэ биэрбит. Оруо- буна кыһыл көмүс дьиэҕэ кэтиллибитэ. «Манна киирдэҕэ буолуо», — диэн, аанын арыйан көтөн түспүт. Онно көтөн түспүтэ: биир кыһыл көмүс таҥастаах кыыс олорор эбит, үчүгэйкээн баҕайы. Ону: —Маннык оҕонньору: тирии сонноох, эриэн ситии курдаах оҕон- ньору, көрдүҥ дуо? — диэбит. — Суох. Онтуҥ мантан илин диэки олорор, манна буолбатах. Ман- тан баран истэххинэ үрүҥ көмүс дьиэ баар. Онно олорор дуу? — диэ­ бит. Уол тахса көппүт да — сүүрүк киһи сүүр да сүүр буолбута. Бар- быт-барбыт, онтон үрүҥ көмүс дьиэ килэбичийэн турар эбит. 8 Үрүҥ көмүс дьиэҕэ ааны аһан: «Эмиэ манна олордоҕо», — диэн, көтөн түспүтэ: үрүҥ көмүс таҥастаах кыыс, үчэгэйкээн баҕайы кыыс олорбут. Онтон ыйыппыт: —Маннык оҕонньору көрдүҥ дуо? — диэн. Онуоха: — Оҕонньор манна олорбот. Өссө мантан илин бардаххына, хара көмүс дьиэҕэ олорор буолуоҕа. Дьэ онно тиий, — диэбит. Ону истээт, таһырдьа тахсан эмиэ сүүр да сүүр буолбут. Ол сүүрэн- сүүрэн, төһөлөөх сири барбыта биллибэт, буолунай сүүрбүт. Төһө да ыраах сири барбытын билбэтэх. Хара көмүс дьиэ турар үһү. 9 Хара көмүс дьиэҕэ арыйа баттаан көтөн түспүтэ: хара көмүс таҥастаах хара бараан үчэгэйкээн баҕайы кыыс олорор. — Эриэн ситии курдаах, күөх от кыбыныылаах, таба сангыйах- таах оҕонньору көрбүтүҥ дуо? — Ээ, ол оҕонньор бу дьиэ кэннигэр, оҥкучах иһигэр олорор. 10 Ол оҥкучахха ыстанан тахсан, ону арыйа баттаабыта: оҕонньор тахсыбыт. Дьэ хапсыһыы буолбут. «Хара түөкүн», — диэн, охсуһан хачыгы- рытыһаллар.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2