Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Иньэ диэн баран, бултуу таҕыста. Куула тыа уҥуоргу Хордоҥноох үрэҕин өрө батан бара турда. 13 Ол барбытын гэннэ, кыыс туран сэттэ тиэрэ нэл эрбэһин төрдүгэр күөх от далбыырданан* көҥдөй от тайахтанан, түүнэн көрөн, түнэнэн дайбаан, чөмөкөлөөн хааман киирэ турбут. — Биэтилимэ алаас эбэ хотун иччитэ Ийэхсит ийэм, Айыыһыт аҕам, Д<ь>өһөгөй тойон, д<ь>үүллээн көр! Таҥнар таҥаһым, симэнэр симэҕим хайдах буолуой, хантан кэлэр? Мин элбигим*, көлүнэр ко лем хан<н>а баарый? Ханна баарын ыйан-кэрдэн кулуҥ! Түөт хонор төлкөбүн төлкөлөөн, биэс хонор би<л>гэбин билгэлээн, д<ь>э, кулуҥ эрэ! — иньнь<э> диэн көр<д>өһөр-ааттаһар эбит. Ол көрдөспүтүгэр итии тыал тыалыран, этир* былыт эргийэн, ириэнэх самыыр түһэр. Ол самыыры гытта (ким даҕаны тутан аҕалан биэрбитин көрбөт хара тураҕас аты) арай ат тиийэн* кэлэр. Хара көмүс д<ь>үһүннээх байбаҕар бэрэмэдэйэ кыайан тиһиллибэт гына таҥыы бэс курдук тайтайбыт: барыта талыы таҥаһы д<ь>аарыстаан симмиттэр*. Аты тутан ылан сиэтэн баран, биэс ынахтаах Б/эйбэри- кээн/ э/мээхсин/ бэт д<ь>иэтигэр эмиэ айаннаан таҕыста. Турар тиит быһаҕаһа чуор сэргэтигэр атын аҕалан баайан кээстэ. —Дьэ эрэ, ийээ, тахсаҥҥын бу бэрэмэдэйдэн түһэрис эрэ, — диир кыыс. — Бай, ол бэрэмэдэйдээх, ол эмиэ ким кэллэ? — диэн баран, эмээхсин хатыгыраан тахсар. Тахсан түһэссэр, хостууллар бэрэмэдэйи. Киис кыыл киэргэллээҕэ, бэдэр кыыл бэрдэ, та<а>рбаҕан кыыл талыыта, сабатаах* саарба саа- ра, хара саһыл хагылла<а>ҕа, күөх тииҥ гиэнэ күндүтэ, кыһыл саһыл уотта<а>ҕа — таҥас барыта симмиллибит эбит. Дьэ суол-суол хосто- толоон ылан баран, туран көрө-көрө таҥн<а>, сытан көрө-көрө сыа- налыы, ситэн көрө-көрө көрбүтэ: биир даҕаны эҥкилэ суох, хайа суо- ла хайатыгар барыта сөрү сөп, уурбут-туппут курдук буолта баара үһү. 14 Хара Хаан уола күөх тыа гиэнин күндү кылааннааҕын үлтү тэпсэн, таба кыылы таныытыт<т>а<н> сиэтэн, буур кыылы муннуттан сиэтэн, атын сиһэ уйар уйбатынан ыҥыырдан тийэн кэллэ. Тиийэн кэлэн баран [уол киирбитигэр эмээхсин]: — Оҕом ата-таҥаһа бу, — диэн баран, биэс ынаҕыттан үһүн биэ- рэн, биэс борооскотуттан үһүн биэрэн, биэс тыһаҕ/аһыттан/ үһүн
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2