Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
— Ээ, сах! Ол миэхэ, ким миэхэ оҕо биэрэн чэчигирэтиэй?! Бэйэм гиэнэ буоллаҕа дии. — Дьэ ол оҕоҕун, дьэ миэхэ хо<о>йҕо сытарга холоонно<о>х доҕорго холоон тураҥҥын биэрэр* сүбэҕин-санааҕын бул. Биэрдэргин да ылыам, биэрбэтэргин да ылыам! Аны икки хонон баран эргийэн кэлиэхпит. Хааҥылыы хайатыгар түүлээхтии бардыбыт. Оҕоҕуна<а>н сүбэлэһэн, кэлэрбитигэр сулбу-халбы кэпсэтиитэ тэрийэн [олор]. Туох- ха наада буоларын барытын биэриэхпит. Кыһын тымныыга тоно- руохпут суоҕа, сайын куйааска буһарыахпыт суоҕа, аастаххына-туор- даххына — аска кыһаннарыахпыт суоҕа, тутайд<а>ххына-холуннах- хына — үбүнэн мугурдатыахпыт суоҕа, — диэн бараннар бараллар. Баран баран, икки хонугу мэлдьи ааттаан туран кыыһын тылын нэһиилэ ылыннарар. —Дьэ кэпсэттэҕиҥ дии! Кэпсэтэн көрөөр онтон. Хайдах дьон буолла? Саарабыл дьон буоллулар дуу, хайдах дуу? 9 Икки хонон баран кэлэллэр. Эмиэ бултаан-алтаан ынырдан ныһылытан тиийэн кэлэллэр. — Ээ, чэ, оҕом бултаан да аһатыыһы, кырдьык, хоргуппата чахчы буолсу. Дьэ кыыһы көрүһүннэрэр «э<э>х» дэтэн, туохха наадатын бары тын этэн. Уол-кыыс холбоһор буолан уураһан арахсыбыттар. 10 Сэттэ хонон баран кэлиэх буолан болд<ь>оһон барбыттарын кэн- нэ: — Хара Хааҥ<н>а тэннээх буоланнын, Хара Хаан уолугар ойох биэрдиҥ. Төһөнү симээн таҥыннаран ы<ы>таргын көрүөм. — Биир кыыс 0 5 ону таҥыннаран ыытаа инибин. Иньньэ диирин гытта, уҥа холумтаны* «топ-топ» гына охсон ба ран, биир д<ь>эс дьиэмэх* ытарҕаны салыгыр гына түһэрэр. Холум- танын гиэнин «лоҥ-лоҥ» тонсуйар — биир д<ь>эс биһилэҕи лаҥкыр гына түһэрэр. Хаҥас муннугар баран, хаһан-хаһан, биир тыс олооччу этэрбэһи туллас гыннаран кээстэ, уҥа муннугун хаһан-хаһан, кугас торбос тириитэ саҕыньньаҕы, тартаччы хатан хаалбыт эрэйдээҕи, таҥкыр гыннаран кээстэ. Уҥа диэкки баттах баҕанатын хаһан, кугас кулун бэргэһэни, түүрэ хатан хаалбыт эрэйдээҕи, кулахыс гын<н>аран кээстэ. — Чэ, тукаам, бу балары сиигирдэн бэлэмнэн. Ол гыммытын гэннэ, кыыс туран, атаҕын таһынан бөх диэкки үрэйэ тэбэн кээһэр.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2