Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

болот быһаҕын хабырынан Лыыбараны сиэхпин. Хайа, биир эмэ ха- мыйах хааҥҥа, хайа, биир эмэ очоҕос төбөтүгэр тиксээйэҕиҥ, — диир. 6 Онуоха Алаанай оҕоньньор этэр: — Оҕоньньоор, мин атыырым тэһии буолан хаалта, онон Эрээнэй оҕоньньор эриэн өргөнүгэр бар, — диир. Онно Аҥаа Монус Эрээнэй оҕоньньорҕо тиийэн этэр: — Оҕоньньоор, эриэн өргөҥҥүн улаһын эрэ, Алаанай оҕоньньор ала атыырын тутан илдьэн, Хараанай оҕоньньор хара тааһын тиэйэн илдьэн, Болооной оҕоньньор болот быһаҕын хабырынан Лыыбараны сиэхпин. Хайа, биир эмэ очоҕос төбөтүгэр, хайа, биир эмэ хамыйах хааҥҥа тиксээйэҕиҥ, — диир. 7 Онно Эрээнэй оҕоньньор этэр: — Оҕоньньоор, өргөнүм өрүс уҥуор хаалта, ону баран ыл. Өрүскүн ойон тахсаар, — диир. Онтон Аҥаа Моҥус өрүһү ойон иһэн, өрүс саамай ортотугар «чолк!» кына түһэн иһэн кэриэс эппитэ: — Лыыбараа, самаҕым уҥуоҕун соҕох кына<а>р, эмэһэм уҥуо- ҕун кэлии кынаар, — диэн баран, өрүс ортотугар түһэн өлөн хаалта. Лыыбара кэннэкии байан-тайан олорто үһү. 16. НЬЫЫ-НЬЫЫ ЭМЭЭХСИН 1 Ньыы-Ньыы эмээхсин сэттэ тараҕай уоллаах, сэттэ тараҕай кыыстаах, аҕыс уон атыыр үөрэ сылгылаах, тоҕус уон хотон үөрэ ынах<таах>, кыһына суох кумах куйаар сирдээх. Ол гынан баран бууһа тоҥор, ото хагдарыйар. Кулунун, торбуйаҕын аһатар эбит, онон оттууллар эбит. Сылгы, ынах таһырдьа аһыыр эбит. Онон: — Чэ, оҕолоор, оттуу барыах, — [диир] оҕолорун биир сарсыарда туран. Оттоон баран киэһэ кэлэллэр. Киэһэ кэлэн дьиэлэригэр киирэн олордохторуна, сүүллээҕи сүүр [этиҥ] тыаһын курдук тыас ньиргийэн кэлэр. Ньиргийэн кэлэн, Аҥаа Моҥус дьиэҕэ көтөн түстэ. Дьиэ орто­ тугар баар буола түстэ. — Ньыы-Ньыы эмээхсиэн, аҕыс уон атыыр [үөрэ] сылгыгын миэхэ аҕал эрэ! — диир.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2