Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
2 Ону Лыыбара: — Тууй-сиэ, дьаабал*! — диэн баран тэбэн сырбатар. Ол сырбап- пытыгар — атаҕа сыстан хаалар. Онтон илиитинэн охсубута — илии- тэ сыстан хаалар. Онтон баһынан анньыбыта — баһа сыстан хаалар. Ол курдук түөрт лабаата түөрэ сыстан, бук таттаран турдаҕана, ойуурга ырыа иһиллэр, онтон арай Аҥаа Моҥус тиийэн кэлэр. Ол кэлэн: — Тыый, чаархааным кэм да ытырыылаах ээ! — диэн баран, Лыы- бараны сиэбигэр уктан кээһэр. 3 Дьиэтигэр илдьэн сиэри гынар. Онно Лыыбара этэр: — Оҕоньньоор* ус сыл буолан баран сиэр, дэлби уотан-уотан ба ран, — диир. Онно Аҥаа Моҥус ус сылга уотар. Ол уотан баран биирдэ сиэри этэр: — Эт эттиир элээнэй сугэм, кэл эрэ! Быар угар быллаҕар ыаҕаһым, кэл эрэ! Сурэх угар сөрүөстүгэс ыаҕаһым, кэл эрэ! — диирин кытта иһиттэрэ биирдэ баар буола туспуттэрэ. Онно Лыыбара этэр: — Кырдьаҕаһыам, эн быһыччаҥ мин сыабын кыайан хотуо суоҕа, онон Болооной оҕоньньор болот быһаҕар бар, — диир. 4 Аҥаа Моҥус Болооной оҕоньньорҕо тиийэн: — Оҕоньньоор, эн быһаххын улаһын эрэ, Лыыбараны сиэри гын- ным. Хайа, биир эмэ хамыйах хааҥҥа, биир эмэ очоҕос* төбөтүгэр тиксээйэҕиҥ, — диэбитэ. Онуоха Болооной оҕоньньор эппитэ: — Ээ, оҕоньньор, мин быһаҕым хаҥаан хаалта. Ону Хараанай оҕоньньор хара тааһын аҕалан онон хабырын, — диэбитэ. Онуоха Аҥаа Моҥус Хараанай оҕоньньорҕо барар. Онно тиийэн этэр: — Оҕоньньоор, Болооной оҕоньньор болот быһаҕын хабырынан Лыыбараны сиэхпин, хара тааскын улаһын эрэ, — диир. — Уонна, хайа, биир эмэ хамыйах хааҥҥа, биир эмэ очоҕос төбөтүгэр тик- сээйэҕиҥ, — диир. 5 Онуоха Хараанай оҕоньньор этэр: — Кырдьаҕаас, тааһым ыараан хаалта, онон Алаанай оҕоньньор ала атыырын аҕалан онон тиэй, — диир. Онно били Аҥаа Моҥус Алаанай оҕоньньорҕо тиийэн этэр: — Хайа, оҕоньньор, ала атыыргын улаһын эрэ. Хараанай оҕонь- ньор хара тааһын тиэйэн илдьэн, Болооной оҕоньньор, оҕоньньор
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2