Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
3 — Күн-күн, бэркин дуо? — диэбит. — Күн-күн бэрдим ханна барыай! — диэбит. — Оттон күн-к/үн/ бэрт б/уоллаххы/на, былыт-былыт тоҕо бүөлүүрүй? — диэбит. — Б/ылыт/-б/ылыт/ бэрдэ б/эр/т буол/ла/ҕа! — диэбит. 4 — Б/ылыт/-б/ылыт/, б/эрки/н дуо? — диэбит. — Б/ылыт/-б/ылыт/ бэрдим ханна барыай? — диэбит. — Оттон, б/ылыт/-б/ылыт/, бэркин буолан баран, тыал-тыал тоҕо үүрэрий? — диэбит. — Т/ыал/-т/ыал/ бэрдэ бэрт буол/ла/ҕа! — диэбит. 5 — Т/ыал/-т/ыал/, бэркин дуо? — д/иэби/т. — Т/ыал/-т/ыал/ бэрдим ханна барыай? — д/иэби/т. — Оттон, т/ыал/-т/ыал/, [бэт буоллаххына], ойуур хайа тоҕо бүөлүүрүй? — диэбит. — Ойуур хайа бэрдэ бэрт буо/лла/ҕа! — д/иэби/т. 6 — Ойуур хайа, бэркин дуо? — д/иэби/т. — О/йуур/ х/айа/ бэрдим ханна барыай! — д/иэби/т. — Оттон, ойуур хайа, бэрт буол/лаххы/на, быыкаан сур күүдээк тоҕо курдары хаһарый? — диэбит. — Сур күүдээк бэрдэ бэрт буоллаҕа дии! — диэбит. 7 — Сур күүдээк, бэркин-бэркин дуо? — диэбит. — Сур күүдээк бэрпин-бэрпин! — д/иэби/т. — Сур күүдээҕи киһи тоҕо чааркааннаан ыларый? — диэбит. — Оттон киһи-киһи бэрдэ бэрт буоллаҕа дии! — д/иэби/т. 8 —Оттон киһи-киһи [бэрт] буоллаҕына, [мин эмиэ] бэртбуолуох- таахпын! — диэн, [эмээхсин] хоҥу ыстанан турбут. 15. ЛЫЫБАРА 1 Үрүҥ көмүс тыылаах, кыһыл көмүс эрдиилээхЛыыбара диэн киһи баар үһү. Бу Лыыбара биирдэ сүрдээх улахан күөлгэ маарылыы олорбут. Ол олордоҕуна, кэрии саҕатыгар ырыа ыллыыр: — Үрүҥ көмүс тыылаах, кыһыл көмүс эрдиилээх Лыыбара-Лыы- бара! — диир. Онно Лыыбара: — Тыый, бу туох дьиктитэй? — диэн тахсан көртө, биир тэллэй сахсаҥныы олорор. Ол тэллэй ыллыыр эбит.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2