Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
диэтэ. Ону истээт, бэттэх ыстанным. Биир уол тахсан оҕунан сыыһа ытан хаалла. «Өссө тугу биллиҥ?» — диэ! Аны уонча хонон баран, элбэх буолан оҥостон кэлэллэр. Иччим эмиэ мин кэпсиирбин истэн олорор. Онон дойду сирин буллахтарына сатанар. 9 Итини истэн баран, Эгиэнтэй Ньукулайга тугу билбитин дьэ кэп- сиир. Сүбэлэһэллэр. Сарсыныгар баайдарын илдьэ дойду сиргэ көһөн хаалбыттар. Уонча хонон баран баай ороспуой уолаттара уонча киһилээх кэ лэн, уолаттар кураанах оннуларын көрбүттэр. Тоҥ суолларын тордоо- бокко дьиэлэригэр төннүбүттэр. Ол курдук, өйдөөх ыт иччилэрин көһөрөн, баай уолаттарыгар ку- раанаҕы куустарбыта үһү.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2