Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
15 Оҕонньор дьэ өйдөннө. Эттиэҥ эппэтиэҥ диэбит көрдүк тэ- биэҕинэн тэбэн, охсуоҕунан охсон барда, бөрөтүн өлөрөн кэбистэ. — Хайа, чэ, ити бөрөнү сүл, кытарарын* миэхэ биэрээр манньабар. Тириитин бэйэҥ харай, чэ, туттумаҕтаа! — диир оҕонньорго саһыл. Оҕонньор хаатын сүөрэн бөрөтүн сүлэр уонна кытарарын (этин) саһылга быраҕан биэрэр. Саһыл: — Көрбөккүн ду, эйигин өлөргүттэн быыһаатым уонна эн таҥас- танан хааллыҥ. Мин буоллаҕына, аска тийдим, — диэн баран, бөрө этин сиэн эрдэҕинэ, оҕонньор саһыл түөт атаҕын маһынан халбыйа биирдэ тосту охсон түһэрдэ. Ол гынан баран бии үтүө* оҥотторбут, үрүҥ тыынын өрүһүйбүт саһылын, бөрөтүн тириитин атыылаан, өлүөр дылы иитинэн баран, онон буорга кииттэ үһү. 12. ӨЙДӨӨХ ЫТ 1 Сааһын тухары баайга хамначчыттаабыт Сэмэн оҕонньор өлөн хаалбыт. Кини оҕолоро Эгиэнтэйдээх Ньукулай тулаайах хаалбыттар. Уолаттар аҕаларын оннугар баайга хамначчыт буолбуттар. Ол курдук сылдьан, улаатан баран, баай хара батталын тулуйбакка, иккиэн баайтан күрээн хаалбыттар. Билбэт хайаларыгар тиийэн, онно дьиэ туттан олорбуттар. Иккиэн ааттаах булчут буоланнар, тайаҕы таныы- тыттан, эһэни эмэһэтиттэн сиэппиттэр. Олус бэркэ олорбуттар. 2 Биирдэрэ, улахан уол Эгиэнтэй, булду батыһан, ыраатан хаалбыт, билбэт хайатыгар тиийбит. Хайа аннынан баран истэҕинэ, арай ин- нигэр сиргэ тиэрбэс курдук төгүрүк туох эрэ сытар. Эгиэнтэй муо- дарҕаан били төгүрүгү тайаҕын төбөтүнэн иилэн ылар. Онтута арай эриэн кыыл эбит — моонньугар эриллэ түһэр уонна: — И кки кулгааххынан курдаттыы нөҥүө-маҥаа сылдьыым эрэ, — диэн сахалыы саҥарар, киһилии кэпсиир. — Кэбис, — диир Эгиэнтэй. — Оччоҕо сиэн кэбиһиэм, — диир эриэн үөн. — Сиэмэ, оччоҕо, баҕар, курдаттыы сырыт даҕаны, — диир Эгиэн тэй. 3 Эриэн үөн курдаттыы сылдьымахтаан баран: — Хайа, биллиҥ дуо? — диир. Ону Эгиэнтэй: — Суох. Тугу да билбэтим, — диир.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2