Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

гэ дылы гынна да — оҕоньньор сиргэ кэлэн хаалы<ы>н байдыын төкүнүс гына түстэ. Арай бу сытан көрдөҕүнэ, үрдүгэр биир сүрдээх сүүнэ торҕоннообут сур бөрө кэлэн, таҥнары өҥөйөн турар эбит. Оҕонньор ыксыыр: — Дьэ бүттэҕим, сиэтэҕэ, аны кэлэн киһи буолуом <дуо>? — диир уонна бөрөттөн көрдөһөр бу курдук диэн: — Дьэ, хара тыа адьырҕата, эн уһун суолгун уймаабытым* суоҕа, эн кэтит суолгун кэспитим саастаах үйэбэр суоҕа. Миигин сиэмэ, миигин да сиэн, син да сиэн, улаханнык туһаныаҥ суоҕа. Дьэ, аат- таһабын-көрдөһөбүн! — диэн. 3 Оччотооҥуга былыр киһи-сүөһү маннай үөскүүрүгэр киһи-сүөһү тэҥҥэ кэпсэтэллэрэ, түөт атаҕтаахтар* эмиэ киһи көрдүк саҥаралла- ра үһү. Онон бөрө икки, оҕонньор икки, икки киһи көрдүк, кэпсэтэн барбыттар. Бөрө оҕонньорго бу курду<к> диэбит: — Дьэ, мин эйигин сибилигин хайаан да сиибин. Бу тоҕус аттаах тоҕус* эр бэрдэ дьон, тоҕус түүннээх күн буолла бу миигин эккирэп- питтэрэ, өлөрөөрү. Билигин эккирэтэн субу чугаһаатылар, онон эйи­ гин сиэммин, мин өл хабан барыах кэриҥнээхпин! — Кэбис, чэ инньэ диэмэ, сиэмэ, ааттаһабын, — диир оҕонньор эрэйдээх. 4 — Чэ, арай мин эйигин ыытыам этэ, арай бу миигин эккирэтэн иһэр тоҕус аттаах дьон өлөрөллөрүттэн быыһаан хаалларгын. Ол эрэ үтүөтүгэр-өҥөтүгэр, арай, сиэм суоҕа этэ, — диир бөрө. — О, хайтах* диэн эттэҥий ити?! Ол тоҕус аттаах дьон күүстэрит- тэн күүһүм ордук, өйдөрүттэн өйүм ордук буолан, өйдөрүн сүүйэн быыһаан хаалыам ду, эбэтэр эн күүскүттэн күүстээх, эн атаҕыҥ быһыйыттан быһый буоламмын быыһыам, эйигин өрүһүйүөм ду? Дьэ ити хайтах да сытаммат* суолу эттиҥ, кэбис миигин сиэмэ, көрдөһө- бүн-ааттаһабын! — диир. — Чэ, оччоҕо сибилигин мин манна сииби<н>! Эн быыһыргын соруннаххына, хайаан да быыһырдааххын. Хайтах быыһаабат буо- луоҥуй?! — диир бөрөтө. —Дьэ, оччоҕо эн бэйэҥ сүбэлээ, ол көрдүк* хайтах быыһаан ылар- даахпын, — диир оҕонньор. — Чэ, оччоҕо үтүөнү үтүөнэн боруостуоҥ буоллаҕына — сөп. Эн бу көрдүк гын. Ити* хааҕар ылан миигин ук уонна тиһэн бараҥҥын сүгэн кэбис. Онуоха миигин эккирэтэн иһэр дьоннор ситтэхтэринэ

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2