Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

ыста, хомуруо хонуубун хомуру ыстаатаргын — ыста, самнай үөпбүн саамнары тартаргын — тарт диэр». Сөп дуу? — диир, баран халар. 4 Нөгүө* күнүгэр саһыл эмиэ кэлэр. Ол кэлэн, эмиэ орут этэрин курдук этэн туран, биир оҕотун көрдүүр. Түөт сыымыттаах Түөнэн кыыл этэр: — Саамнай үөпбүн самнары тарт, хомуруо хонуубун хомуру ыс- тыан буоллар — ыста, сыа сыһыбын быһа ыстыаҥ буоллар — ыста, оҕобун сиэҥ буолар — сиэ, — диир. Саһыл сарыылыыр, сири тарбыр, үөтү тардар. Хайан кыайардаах буолуой — кыайбат. Ол сылдьан илин тииһин ойо ыстан кэбиһэр, онон эмтэгэй тиистээх саһыл буолар. — Дьэ, түөт сыымыттаах Түөнэн кыыл, эйигин ким сүбэлэтэ? Арааһа, моҕотой оҕоньньор сүбэлэтэҕэ буолуо, — диир, баран хаа- лар. 5 Саһыл ол баран, моҕотой оҕоньньорго тийэр. — Дьэ, оҕоньньор, эн биһи тимир биһиккэ бигэһиэх эрэ, — диир. Моҕотой оҕоньньор: — Чэ’рэ* — диир. Тимир биһиккэ тийэн бигэһэллэр. Саһыл этэр: — Эһээкэ* мин орут сытыым, — диир. — Чэ, сыыт, — диир. Саһыл сытар. Балай эмэ буолан баран: — Эһэкэн, өлөрү гынным, туруора оҕус! — диир. Моҕотой оҕоньньор туруоран гэбиһэр саһылы. Саһыл: — Аны эн сыт эрэ, — диир. Оҕоньньор сытар. Ол сыпбытын гэннэ тимир быаннан* кэлгийэн баран, саһыл этэр: — Чэ, бэрт киһи эн турар инигин? Түөт сыымыттаах Түөнэн кыы- лы сүбэлэн биир оҕотун сиэпбэтиҥ, — диир уонна баран хаалар. 6 Моҕотой оҕоньньор өлөр күнэ кэлэр. Бэркэ ысаан* сыттаҕына, Түөнэн кыыл оҕотун батыһыннаран кэлэр. Ол кэлбитигэр этэр: — Дьэ, эйигин сүбэлэбит буруйбар саһыл кэлгийэн барда. Хай- даах быһыыгын? — диир.

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2