Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)

Саһыл: — Харах Хаан аҕыс кыйаар* кыталык кыыһа, тоҕус субан туруйа уола эһигини ураҕаһынан бата сылдьан* кырбаатыннар! — дии-дии атах* балай кытыаһынна. 7 Харах Хаан аҕыс кыйаар кыталык кыыһыгар, тоҕус субан туруйа уолугар тиийэр саһыл: — Харах Хаан аҕыс кыйаар кыталык кыыһа, тоҕус субан туруйа уола, уоппун умуруоруҥ! Харах Хаан уола-кыыһа: — Ээй, эн уоккун умуруоруохтааҕар, бээбит үлэбитин кыайбакка ыксары турабыт. — Харах Хаан ураҕаһынан бата сылдьан кырбаатын! 8 Харах Хаан оҕоньньорго* тиийэр: — Харах Хаан оҕоньньор, уоппун умуруор! — Ээй, эн уоккун умуруоруохтааҕар бэйэм хаһабын кыайбакка олоробун. — Хаһаҕын уһуктаах тумустаах күүдээктэр* суптурута сүүрдүн- нэр! 9 уһуктаах тумустаах күүдээктэргэ тиийэр: — Уһуктаах тумустаах күүдээктэр, уоппун умуруоруҥ! Уһуктаах тумустаах күүдээктэр: — Бээбит сыллааҕы хаһааспытын булбакка, ыксаа сылдьабыт*, эн уоккун умуруоруохтааҕар. 10 Саһыл тыаҕа сүүрэн тахсар. — Былыт, быһын! Халлаан, хайын! — диэн хаһыытыыр. Самыыр диэн баҕайы түһэр, уота умуллан хаалар, кыһыл саһыл буолан, тыаҕа сүүрэр. 11 Күүдээктэр Харах Хаан хаһатын суптурута сүүрэллэр. Харах Хаан оҕоньньор уолун-кыыһын киирэн, ураҕаһынан бата сылдьан кыр- быыр: — Саһыл уотун умуруорбаккаҕыт, хаһабын уһуктаах тумустаах күүдээктэргэ суптурута сүүртүгүт! Харах Хаан уола-кыыһа: — Саһыл уотун умуруорбаккалар, биһигини аҕабытыгар ураҕаһынан баттара сылдьан кырбаттылар! — диэннэр, аҕыс уон оҕуһу ураҕаһынан бата сылдьан кырбыыллар. Аҕыс уон оҕус: — Саһыл уотун умуруорбакка, биһигини бу уолга-кыыска ураҕа- һынан баттара сылдьан кырбатта! — диэннэр, үрэмэдийбэт үүт көлүйэ

RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2