Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Саһыл: — Ээй, Харах Хаан оччугуй киниитэ төрүөн, онно көтөҕөөччү- баабыскаһыт буола сырыттым. Туруйа: — Хайа тугу олордо? Саһыл туран: — Ээй, кыыс. Туруйа: — Аата ким буолла? Саһыл: — Кирээ-Кирээ Кирээһэ буолла. Лыыбалара бүтэн хаалар. Туруйа: — Бар, саһыл, хайаххын киллэр эрэ, сиэхпитин. Саһыл ньыларыс гынан тахсар. Саһыл көтөн киирэр: —Тымтайыҥ кураанах турар! Туруйа: — Тууй-иэ, түөкүн, тоҕо кураанах буоларый?! — диэн бээтэ* кэ- кэрдээн тахсар. Тымтайын тумсугар иилэн киллэрэн, дар гыннаран кэбиһэр. — Тууй-иэ, түөкүн, бэйэҥ сиэн кээһэн* бараҥҥын! — Туруйа этэр. — Түүкүдүйэ* сылдьаҕын, — диэн туруйа саһылы тумсунан иилэн ылан уокка быраҕар. Саһыл убайан* кытыаланан тахсан, атах балай сүүрэр. Харах Хаан үмэрэдийбэт* үүт көлүйэтигэр тиийэр. Саһыл: — Харах Хаан үмэрэдийбэт үүт көлүйэтэ, уоппун умуруор, — диир. Үмэрэдийбэт үүт көлүйэ: — Ээй, эн уоккун умуруоруохтаа’ар*, балыкпын иитэ сатаан, бэ- йэм кыараҕаспын. Саһыл: — Харах Хаан аҕыс уон оҕуһа уугун супту уулааннар, балыгыҥ атан өлөн хаалыахтын! — дии-дии атах балай кытыаланар. Харах Хаан аҕыс уон оҕуһугар тиийэр. Саһыл: — Харах Хаан аҕыс уон оҕуһа, уоппун умуруоруҥ! — Ээй, оҕустар, бээбит оту кыайан булан сиэбэккэ, бээбит ыкса ры* турабыт, эн уоккун умуруоруохтааҕар.
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2