Якутские народные сказки - 2008 (Т. 27)
Биэс ынах бэриэнньик, — диэн, төрдүс* ынаҕын илдьэ баран хаалар. 6 Баран хаалан баран, эмиэ бэһис киэһэтигэр эмиэ кэлэр. Бэһис киэһэтигэр кэлэн баран: — Дьэ олоҥхолуубун, — диир. — Олоҥхолуугун дуо? — диэбитигэр: — Олоҥхолоон, олоҥхолоон, — диир. — Ынах биэрэр буоллаххы- на, саатар эрэ дуо! — диир. Эмиэ бэһис ынаҕын биэрэргэ хандарааттаһан*, олоҥхолуубун диир бу курдук: — Тээллэй эмээхсин тэллэрис, Кунаак кыыс куҥкус, Күөрт ыт күөкэрис, Аҕыс баҕана адаарыс, Тойон өһүө тоҥхос, Биэс ынах бэриэнньик, — диэн, бэһис ынаҕын илдьэ баран барар. Ол түүн Тээллэй эмээхсин дьиэтин-уотун түннүгүн-үөлэһин ынах сааҕынан сыбаан, тоҥоттоон кэбиспитэ. 7 Сарсыарда кунаак кыыс туран уотун оттоору гыммыта — уота умайбат, таһырдьа тахсаары гыммыттара — ааннара аһыллыбат. Сол курдук Тээллэй эмээхсин, кунаак кыыс, күөрт ыт — барыта өлөн- сүтэн, суох буолан хаалбыттар. 8 Онтон Тээллэй эмээхсин баайын байан, тотун тотон, саһылыкаан албын күн бүгүнүгэр диэри олорбута эбитэ үһү. 11. БӨРӨ УОННА ОҔОННБОР 1 Былыр биир сиргэ арай биир оҕонньор баар үһү. Бу оҕонньор суоччоҕотох* үһү — оҕо да, ойох да суох. Туга да суох буолан, чугас- тааҥы ыалларыттан умналаан ылан, онон аһаан иитинэр эрэйдээх үһү. Чугас соҕус кини олорор сириттэн биир бөлөх ыал баарыттан сотору буола-буола баран умналаан, тыҥалаһан-туйахтаһан, ону сүгэн аҕалан, бэйэтин дьиэтигэр аһаан иитиммитэ буолар эбит. Бу да буол лар бэйэтэ син балаҕаннаах. 2 Арай бииддэ* бу ыалларыттан умналаан сордонон, хааҕа сээкэй кыраны булбутун сүгэн баран, тайахтан<ан> бөкөйөн истэҕинэ, кэн- ниттэн туох да кэлбитин билбэтэ, арай биирдэ тыас тыаһа тигиниир-
Made with FlippingBook
RkJQdWJsaXNoZXIy MTY3OTQ2